E-Book Overview
Дьокуускай: Бичик, 2008. — 208 с. Бег за радугой: рассказы. Литературно-художественное издание.
ISBN 978-5-7696-2973-0Бу кинигэҕэ босхоҥ оҕо ытык-мааны көтөргө - кыталыкка сүгүрүйүү көмөтүнэн, таптал кынатыгар уйдаран, олоххо тардыныы, дьулуур күүhүнэн атаҕар туран, кини быныытынан үүнүүтүн-сайдыытын тунунан кэпсэнэр. Ааптар тус олоҕор буолбут түгэннэри олус көрдөөхтүк, сэргэхтик кэпсиир.
E-Book Content
КЫТАЛЫК УЙБААН КУСТУГУ СИТТЭРБИЭН.. I чааһа Кыталык Уйбаан. Кустугу ситтэрбиэн...I чааһа http://vk.com/sakhabooks 1 УДК 821.512.157-32Кыталык ББК 84(2Рос=Як)6-44 К-97 Кинигэ күн сирин көрөрүгэр күүс-көмө, өйөбүл буоллулар: СР С.А.Новгородов аатынан «Бичик» национальнай кинигэ кыһата (директор А.В.Егоров) ХЭО «Копиртехсервис» (генеральнай директор А.Т.Никифоров) СР Айылҕа харыстабылын министерствота (министр В.А.Григорьев) ААО «Сургутнефтегаз» (генеральнай директоры солбуйааччы А.А.Оглы) «АЛРОСА»АК (вице-президент А.Т.Попов) Кыталык, Уйбаан. К-97 Кустугу ситтэрбиэн : кэпсээннэр / Кыталык Уйбаан. — Дьокуускай : Бичик, 2008. — ч.1. 2008. — 208 с. ISBN 978-5-7696-2973-0. Агентство СIР НБР Саха Бу кинигэҕэ босхоҥ оҕо ытык-мааны көтөргө — кыталыкка сүгүрүйүү көмөтүнэн, таптал кынатыгар уйдаран, олоххо тардыһыы, дьулуур күүһүнэн атаҕар туран, киһи быһыытынан үүнүүтүн-сайдыытын туһунан кэпсэнэр. Кинигэ геройа сэдэх көтөрдөрү сырсан, Саха сирин маардарын, үрэхтэрин, күөллэрин кэрийэ сылдьан араас мүччүргэннээх сырыыларга түбэһэр. Ааптар тус олоҕор буолбут түгэннэри олус көрдөөхтүк, сэргэхтик кэпсиир. УДК 821.512.157-32Кыталык ББК 84(Рос=Як)6-44 © Дьячковский И.И., 2008 ISBN 978-5-7696-2957-0 © Оформление. НКИ «Бичик» РС(Я), 2008 Кыталык Уйбаан. Кустугу ситтэрбиэн...I чааһа http://vk.com/sakhabooks 2 КҮНДҮ ААҔААЧЧЫ! Бу кинигэ күн сирин көрбүтүгэр, биллэн турар, эһиэхэ махтанабын. Үлэм чэрчитинэн, Сахам сирин араас муннуктарыгар ыалдьыттаабытым. Оскуола оҕолорун уонна нэһилиэнньэни кытта көрсүһүүлэрим дьон-сэргэ: «Бэйэҥ олоҕуҥ туһунан кинигэтэ суруй. Оҕолорго, ыччакка олус туһалаах буолуо этэ», — диэн көрдөһүүлэринэн түмүктэнэрэ. Эһигиттэн, бэйэ дьонуттан, тугу кистиэмий, сахалыы сатаан суруйбат буоламмын, маҥнайгы «Бег за радугой» диэн ааттаах кинигэм 1993 с. нууччалыы тылынан Ульяновскайга тахсыбыта. Суруйтаран сакаастаабыт дьоҥҥо эрэ тарҕаммыта (подписканан). «Эдэр саас» хаһыат редактора Иван Ушницкай ылыннарыылаах көрдөһүүтүнэн, «Кустугу ситтэрбиэн» диэн оҕо сааһым, оскуолатааҕы сылларым туһунан кэпсээннэр суруллан, ити хаһыакка 1995—1997 сс. бэчээттэнэн дьон сэҥээриитин ылбыта. «Кыталык Уйбаан И. Ушницкай тылын ылынан, кылгас кэм иһигэр сахалыы сурдурҕаччы суруйарга үөрэнэ охсубут эбит. Маладьыас!» — диэтэххит буолуо. Улаханнык алҕаһыыгыт. Дьиҥинэн, мин былыргы үөрэҕэ суох оҕонньорго дылы, олорон эрэ кэпсиирбин кэргэним саха тылын уонна литературатын учуутала Сардаана Владиславовна сурукка түһэрэр, бэчээккэ бэлэмниир. Онон мин киниэхэ махталым улахан. «Орто Дойду сонуннара» хаһыат редактора И.Ушницкай иккистээн төхтүрүйэн модьуйуутунан, салгыы устудьуон сылларым туһунан 2004—2005 сс. «сурдурҕаччы суруллубута», ити хаһыакка бэчээттэммитэ. Онон бу кинигэ сахалыы суруллуутугар Иван Петрович Ушницкайүтүөтэ улахан. Киниэхэ биһиги ыал истиҥ махталбытын тиэрдэбит. Мин бэйэм олоҕум туһунан хайдах баарынан суруйдум. Кинигэбин икки чааһынан аҥаардаан таһаарарга быһаарынным. Күндү ааҕааччы! Эһиги олоххут уонна чугас, аймах-билэ дьоҥҥут дьылҕалара кыталык халыҥ үөрэ Сахабыт сирин күннээх халлаанын устун дьолу тосхойор айаныгар майгынныахтын! Сахабыт сирин хас биирдии оҕото «мин дьиэм — улахан таптал, улахан олох, улахан дьол уйата!» диэн киэн тутта этиэхтин! Кыталык Уйбаан. Кустугу ситтэрбиэн...I чааһа http://vk.com/sakhabooks 3 Эһигини сэттэ өҥнөөх кустук ыраахха, сырдыкка, ырааска, үтүөҕэ, кэрэҕэ, үйэлээххэ угуйа туру