E-Book Overview
Дьокуускай: 2013. — 68 с.
Суруналыыс диэн киэн билиилээх, ол билиитинэн бар дьонугар сүрэҕин баҕатынан туһалыыр, тыл дэмин билэн тутгар киһи диэн өйдүүбүн. Бэйэтин салаатыгар билиитин үрдэтинэр, тылга үлэлиир суруналыыс, хомойуох иһин, аҕыйах буолар. Үксүлэрэ ким хайдах суруйа үөрэммитинэн мунурданан хаа-лаллар. Мин хаһыакка 15 сылтан ордук үлэлээбитим тухары оннооҕор Таба суруйуу тылдьытын, остуолларын дьааһыгар уктан олорон, көрө түһэр киһини түбэһэн көрбүппүн өйдөөбөппүн. Сөҕөр этим. Хайдахтаах да көннөрүүгүн үөрэх оҥостубаттар. Син биир сырыы аайы суруйбуттарын курдук суруйатураллар. Летучкаларга тылларын ырытарым, суруйар идэлээх дьон ордук үгүстүк сыыһар тылларын быһааран, хаһыакка суруйарым, тыл, тиэримин, тэрилтэ, уордьан, мэтээл аата сахалыы сөпкө хайдах сурулларын, итэҕэтиилээх буоллун диэн ТЛИИ Тылын сиэктэригэр бигэргэттэрэ-бигэргэттэрэ, массыынкаҕа бэчээт-тэтэн, массыньыыска аайы ыйатарым, айар үлэһити матарбакка түнэтэрим. Онно-манна суруйбутум аны умнулуннаҕа да буолуо. Өрөспүүбүлүкэ араадьыйатынан 20 сылы быһатылы тупуу сыыһатын-итэҕэһин өрө-таннары эридьиэстээн-ырытан, дьон тылга сыһыана хайдах буолуохтааҕын энин туһунан 970-тан тахсабэсиэдэни онордум. Ыйынньыктылдьыттаһаартарбьҥым. Улуустарга, нэһилиэктэргэ элбэх көрсүһүүнү тэрийдилэр. Ким баҕалаах үөрэнэн хаалар сырыытын син сырыттаҕым буолуо дии саныыбын. Билигин да истээччи баар буоллаҕына, сэһэргэһиэм-сэлэһиэм турдаҕа.
E-Book Content
М .П . Алексеев-Дапсы
Т
Б
О
Л
Ҕ
О
У
Г
Й
У
У О
Х
Х
А
(СУРУНАЛЫЫСТАРГА, ЭМТИ ТУТАН)
?
М.П. Алексеев-Дапсы
ТУГУ БОЛҔОЙУОХХА? (СУРУНАЛЫЫСТАРГА, ЭМТИ ТУТАН)
Национальная \ Iбиб лйот е к а ^ С О ]
Дьокуускай 2013
УДК 070(571.56) ББК 76.01 (2Рос.Яку)
Ааптара АЛЕКСЕЕВ Михаил Петрович
Д 47
Тугу болҕойуохха? (Суруналыыстарга, эмти тутан) / М.П. Алексеев-Дапсы. - Дьокуускай: 2013. - 68 с. Агенство CIP НБР Саха
УДК 070(571.56) ББК 76.01 (2Рос.Яку)
© Дапсы, 20)3
СУРУЙБУТ КИҺИТТЭН Суруналыыс диэн киэн билиилээх, ол билиитинэн бар дьонугар сүрэҕин баҕатынан туһалыыр, тыл дэмин билэн тутгар киһи диэн өйдүүбүн. Бэйэтин салаатыгар билиитин үрдэтинэр, тылга үлэлиир суруналыыс, хомойуох иһин, аҕыйах буолар. Үксүлэрэ ким хайдах суруйа үөрэммитинэн мунурданан хаалаллар. Мин хаһыакка 15 сылтан ордук үлэлээбитим тухары оннооҕор Таба суруйуу тылдьытын, остуолларын дьааһыгар уктан олорон, көрө түһэр киһини түбэһэн көрбүппүн өйдөөбөппүн. Сөҕөр этим. Хайдахтаах да көннөрүүгүн үөрэх оҥостубаттар. Син биир сырыы аайы суруйбуттарын курдук суруйатураллар. Летучкаларга тылларын ырытарым, суруйар идэлээх дьон ор дук үгүстүк сыыһар тылларын быһааран, хаһыакка суруйарым, тыл, тиэримин, тэрилтэ, уордьан, мэтээл аата сахалыы сөпкө хайдах сурулларын, итэҕэтиилээх буоллун диэн ТЛИИ Тылын сиэктэригэр бигэргэттэрэ-бигэргэттэрэ, массыынкаҕа бэчээттэтэн, массыньыыска аайы ыйатарым, айар үлэһити матарбакка түнэтэрим. Онно-манна суруйбутум аны умнулуннаҕа да буолуо. Өрөспүүбүлүкэ араадьыйатынан 20 сылы быһатылы тупуу сыыһатын-итэҕэһин өрө-таннары эридьиэстээн-ырытан, дьон тылга сыһыана хайдах буолуохтааҕын энин туһунан 970-тан тахсабэсиэдэни онордум. Ыйынньыктылдьыттаһаартарбьҥым. Улуустарга, нэһилиэктэргэ элбэх көрсүһүүнү тэрийдилэр. Ким баҕалаах үөрэнэн хаалар сырыытын син сырыттаҕым буолуо дии саныыбын. Билигин да истээччи баар буоллаҕына, сэһэргэһиэм-сэлэһиэм турдаҕа. Бу боросуура- кэпсээбитим кэлтэкэтэ эрэ. Чопчу, дьобуччу буоллун диэн оччугуйу ойо тутан ыллым. Санаам оонньуур тиэмэлэригэр суруйбутум, саҥарбытым бу сырыыга батан киирбэт. «Хаһыат уурайыа, Интэриниэт баһыйыа» дииллэрин итэҕэйбэппин. Сүрэҕим сөбүлүөбэт. Киһи хаһыата суох хайдах сатаан олоруон санаам хоппот. Хаһыата суох биир күн сатаммаккын.